Саха сиригэр бэс ыйыгар курааннаан, от үүммэтэҕэ. От ыйыгар ыллыбыт миэрэлэр сүөһү төбөтүн аҕыйатыыны таһаарыахтара суоҕа. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Хаҥалас улууһугар суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ эттэ, СИА суруйар.
«Саха сирин аграрийдарыгар кыстык хаһан да чэпчэки буолбат. Быйыл олус курааннаата. Эрдэ да маннык айылҕа көстүүтэ баара. Уоннуу сыл буола-буола илин эҥэр улуустарга тахсара. Ити эрээри быйылгы курдук бэс ыйынааҕы кураан уонна уот итии диэн суоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини эппитинэн, бырабыыталыстыба туох баар наадалаах миэрэни ылла.
«Бүгүҥҥү туругунан, былааны 85% толордубут. Үгүс оройуон отунан бэйэтин толору хааччыныаҕа. Ойуур баһаардара турбут сирдэригэр от суоҕа теория да өттүнэн биллэр», — диэн этэн туран, кыһалҕалаахтарга оту тастан киллэрэри иһитиннэрдэ.
«Кыстык кыһарҕаннаах буолуоҕа, ити эрээри биһиги сүөһү төбөтүн ахсаанын энчирэппэт сорук туруорунабыт», — бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
This post was published on 15.09.2021 16:33 16:33