Саха сирин сайдыытын саҥа түһүмэҕэ. Айсен Николаев национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ муниципалитеттар үлэлэрин бэлиэтээтэ

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев федеральнайдааҕы национальнай бырайыактар олоххо киириилэринэн регион инфраструктуратын кыһалҕаларын быһаарыыга улахан хамсааһын тахсыбытын бэлиэтээтэ. Сүдү кылааты, Ил Дархан этэринэн, оройуоннар оҥордулар, ити эрээри муниципалитеттар баһылыктара, олохтоох депутаттар бу хайысхаҕа үлэлэрин өссө күүһүрдэллэригэр эттэ. 


Айсен Николаев эппитинэн, регион араас хайысхаҕа инфраструктурнай кыһалҕаларын быһаарыыга национальнай бырайыактар киириилэринэн саҥа түһүмэҕи арыйда. Маннык улахан үбүнэн өйөбүлү өрөспүүбүлүкэ, холобурга суол оҥоруутугар, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ, өссө ыла илигэ. Кини көрүллүбүт үбү отчуокка эрэ анаан туттубакка, Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланыахтааҕын өссө чиҥэтэн эттэ.

«Муниципальнай тэриллиилэргэ тиийдэхпинэ кинилэр социальнай-экономическай сайдыыларын былаанын уонна национальнай бырайыактарынан ыытыллар үлэни дьүүллэһэбит, ырытыһабыт. Бу хайысхаҕа муниципалитеттар дьоһуннаахтык үлэлииллэрин бэлиэтиибин. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ, суол тутуутугар, өрөмүөннээһинигэр баһылыктар бары ирдэбиллэри күүһүрдэргитигэр этэбин. Үлэ хаачыстыбатыгар ирдэбил өссө күүһүрүө. Эһигиттэн муҥутуур болҕомтону уонна дьыалабыай салайыыны күүтэбин» — диэтэ Ил Дархан.

Нэһилиэнньэ интэриэһин туруулаһар олохтоох депутаттар оруоллара улаатыахтаах диэн эбэн эттэ. «Өрөспүүбүлүкэҕэ 445 муниципалитекка 4890 депутат баар. Бу улахан күүс», — түмүктээн эттэ Николаев.

This post was published on 25.12.2019 09:40 09:40