Саха сирин үс оройуонугар баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиимин киллэрдилэр

Фото: Мария Васильева/ЯСИА

Саха сирин үс оройуонугар, ону таһынан Дьокуускай тыатыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиимин киллэрдилэр. Бу туһунан бээтинсэҕэ өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, СИА кэпсиир.

«Алдан, Абый, Уус Алдан оройуоннарыгар уонна Дьокуускай сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиимин киллэрдилэр. Итинэн сибээстээн, дьон тыаҕа сылдьара хааччахтанар», — диэн Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Миниистири солбуйааччы этэринэн, бэс ыйын 1 күнүгэр авиаботуруулДьааҥы улууһугар 5 гектар иэннээх биир ойуур баһаарын булла. Баһаары умулларыыга Авиалесоохрана үлэһиттэрэ тардылыннылар. Биир ландшафтнай уот Дьокуускай территориятыгар баар. Ааспыт сууккаҕа Хаҥалас оройуонугар ландшафтнай баһаары умуллардылар.

This post was published on 02.06.2023 11:03 11:03