Истэр уорганнарыгар кэһиллиилээх спортсменнар көҥүл тустууга Россияҕа бастыыр көбүөргэ кыттыахтара. Күрэхтэһии кулун тутар 28 — муус устар 1 күннэригэр ыытыллаллар.
Ол туһунан сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмниир киин иһитиннэрдэ, суруйар ЯСИА.
«Россияҕа бастыыр иһин U-23 Владимир куоракка буолар. Билигин хамаанда Дьокуускайга бэлэмнэнии ааһар. Түмүккэ бастаабыттар дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киириэхтэрэ», — диэтэ сурдлимпийскайга кылаабынай тренер Василий Стрекаловскай.
Былырыын боруонсаны Алексей Васильев 92 кг диэри ылбыта.
Хамаанда састааба: Николай Амбросьев (57), Николай Свинобоев (57), Кэскил Гоголев (61), Айаал Кыдаев (61), Тимофей Стручков (61), Петр Степанов (65), Амархан Брусенин (70), Андрей Винокуров (79), Алексей Васильев (92).
This post was published on 22.03.2024 15:01 15:01