Үс оҕолоох үрүҥ эһэни «Курдигино- Крестовай» резерватка көрдүлэр. Элбэх оҕолоох ийэ инспекторскай кордонтан чугас күүлэйдээбит. Бу туһунан СИА-ҕа биологическай ресурс дириэксийэтэ иһитиннэрдэ. Эһэни судаарыстыбыннай инспектордар Руслан Слепцов уонна Вячеслав Слепцов күһүҥҥү мониторинг кэмигэр бэлиэтээтилэр.
Руслан Слепцов этэринэн, биир эһэ үс оҕолооҕо – айылҕаҕа сэдэх көстүү.
«Бүгүҥҥү сарсыарда биһиэхэ элбэх үтүө түбэлтэнэн баай буолла. Бу үс оҕолохх эһэни таһынан, ресурснай резерват арҕаа өттүгэр өссө биир икки оҕолоох эһэни бэлиэтии көрбүппүт уонна кинилэртэн ураты өссө биир оҕолоох эһэ эмиэ баар эбит. Барыларын туруктара үчүгэй, эттээх соҕустар. Муора өссө тоҥо илик, онон Арктика кыыллара билигин биэрэккэ хаамаллар. Былырыын резерват сиригэр-уотугар үс оҕолоох эһэни эмиэ бэлиэтээн турардаахпыт», — диэн дирекция старшай госинспектора кэпсээтэ.
This post was published on 17.10.2022 09:03 09:03