Саха сирин 6 үөрэнээччитэ Астанаҕа ыытыллар Норуоттар икки ардыларынааҕы Алтын Сака турнирыгар кыттыахтара. Биһиги оҕолорбутун кытта Монголия, Кыргызстан, Таджикистан, Азербайджан, Турция уонна Казахстан куораттарын хамаандалара кыттыахтара.
Оҕолор Асык Аут уонна Бэс Асык диэн казах оонньууларыгар күрэстэһиэхтэрэ. Турнир кэмигэр биһиги үөрэнээччилэрбит мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, кэриэс-тэбиигэ, тутум эргииргэ, мохсуоҕа, хаамыскаҕа уонна хабылыкка маастар-кылаастары биэриэхтэрэ.
СИА.