Саха сирин өрүстэрин муустарын чарааһырдыыга быйыл 40-тан тахса мөл солк көрүллэр. Муус устартан харар кутталы үөскэтэр сирдэринэн хараардыы үлэтэ саҕаланыаҕа.
Хаар нуорматтан элбэх сирдэрэ Лена, Алдан, Амма уонна Дьааҥы өрүстэргэ бэлиэтэнэр. Харыы тахсыбатын наадатыгар мууһу чарааһырдыы үлэтэ барар. Лена, Халыма, Алдан, Амма, Нүүйэ, Токко өрүстэр туруктарын олунньу 2 күнүнээҕи научнай-техническай сэбиэт мунньаҕар көрдүлэр, кыттыыны ыллылар ЫБММ, гидрометеорология управлениета, учуонайдар, судаарыстыба уорганнара.
«Бу үлэҕэ 44 мөл солк көрүлүннэ, ол иһигэр федеральнай бюджеттан. Барыллаан быһаарыынан Бүлүү бассейн арҕаа өттүгэр уонна Ленаҕа хаар нуорматтан элбэх. Муус халыҥа эмиэ бэлиэтэнэр. Муус устарга чуолкай дааннай тахсыаҕа», —диэтэ «Ленское бассейновое водное управление Росводресурсов» тэрилтэ салайааччыта Петр Аргунов.
Сиһилии https://ysia.ru/bolee-40-mln-rublej-napravyat-na-raspilovku-i-zachernenie-lda-na-rekah-yakutii/
This post was published on 03.02.2023 10:28 10:28