Саха сирин өрүстэригэр муус ааһыыта түмүктүүр түһүмэҕэр кэллэ. Уу таһыма кыччыыр, ууга барбыт дьиэ суох.
Хамыыһыйалар халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэр ороскуоттарын ааҕаллар. Ол туһунан ЫБММ регионнааҕы салаата иһитиннэрэр.
Өлүөнэ эбэ алын тардыыта төрдүгэр таҕыста, үөһэ өттө Күһүүртэн 159 км ыраах сытар. Уу таһыма кутталлаах бэлиэттэн кыра. Төрдүгэр тахсыыта икки суукканан буолара күүтүллэр.
Алаһыайга алын тардыыта төрдүгэр таҕыста, үөһэтэ — Андрюшкиноттан 308 км тэйиччи. Төрдүгэр арыллыыта — икки суукканан.
Дьааҥыга муус Усуйаана оройуонунан ааһар, үс хонугунан төрдүгэр тахсар. Уу таһыма намыһах.
Индигиркаҕа муус Чокурдааҕы аһардар, арыллыыта бэс ыйын бастакы декадата.
This post was published on 09.06.2023 10:01 10:01