Уу сыһыаннаһыыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи департамент Алдаҥҥа, Аммаҕа, Нүүйэҕэ, Токкоҕо халааны эрдэттэн сэрэтэр тэрээһиннэри ыытар.
Алдан, Амма, Уус-Маайа, Нам, Томпо, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустарыгар өрүстэргэ муус харыыта үөскүөн сөп. 31 учаастакка 212,8 га сиргэ уопсайа халааны утары 11 тэрээһин былааннанар.
Субвенция быһыытынан федеральнай бюджет үбүттэн-харчыттан ити тэрээһиннэр үбүлүнэллэр. Быйыл 6,358 мөл.солк. көрүллүбүт.
This post was published on 13.04.2016 12:14 12:14