Саха сирин өрүстэрэ быйыл эрдэ эстиэхтэрэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Быйыл Саха сирин өрүстэрэ биир-үс суукка эрдэлээн эстиэхтэрэ диэн күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа сабаҕалыырын туһунан иһитиннэрэр, суруйар Саха сирэ саайт.

Ленскэй оройуонугар Өлүөнэ ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Нам улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка ый ортото, Кэбээйи оройуонугар ыам ыйын иккис дэкээдэтин бүтүүтүгэр муус устара сабаҕаланар.

Ыам ыйын иккис аҥаарыгар Алдан, Бүлүү уонна Амма эбэ аллараа өттө устуохтара, онон нуорматтан 1-3 хонугунан эрдэлиэхтэрэ.

Хоту уонна хотугулуу-илин ыам ыйын үһүс дэкээдэтигэр уонна бэс ыйын саҥатыгар эрэ эстиэхтэрэ, арай Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгинэн Халыма ыам ыйын иккис дэкээдэтин бүтүүтэ устара күүтүллэр.

Өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр сааскы халаан таһыма элбэх сыллаах кэтээн көрүүнэн, сүрүннээн орто кээмэйдээх буолуо, арай Ленскэй оройуонун учаастагар Өлүөнэҕэ уонна Алдан, Дьааҥы, Индигиир үөһээ тардыыларыгар 0,3-1,2 м намыһах буолуо. Халыма  Зырянка – Орто Халыма учаастагар кутталлаах бэлиэҕэ арыый чугаһыыра күүтүллэр.

Оттон муус харыыта тахсыытын ыам ыйыгар күн-дьыл туругунан быһаарыллыаҕа. Уу таһыма үрдүүр кэмигэр сааскы халлаан эмискэ сылыйдаҕына эбэлэр уулара халыйан, намыһах сирдэри, ходуһалары, суоллары, ЛЭП лииньийэлэрин, нэһилиэнньэлээх пууннары ылыан сөп диэн күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа исписэлиистэрэ сабаҕалыыллар.

This post was published on 17.04.2024 13:01 13:01