Саха сирин өрүстэрэ быйыл 1-3 суукка эрдэ эстиэхтэрэ

Саха сирин өрүстэрэ быйыл 1-3 суукка эрдэ эстиэхтэрэ. Тустаах тэрилтэлэр ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр бэлэмнээхтэрин иһитиннэрэллэр.


Ленскэй, Өлүөхүмэ анныларынан Өлүөнэ өрүс ыам ыйын 5-14 күннэригэр, Дьокуускайга – ыам ыйын 15-16, Сангаар аннынан ыам ыйын 19-21 күннэригэр, өрүс төрдүгэр – ый бүтүүтэ эстиэхтэрэ диэн сабаҕалыыллар.

Ыам ыйын иккис аҥарыгар Алдан, Бүлүү итиэннэ Амма өрүһүн аллараа өттө устуохтара. Хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэрэ ыам ыйын үһүс декадатыгар уонна бэс ыйын саҕаланыыта эстиэхтэрэ.

«Муус харыыта ыам ыйынааҕы халлаантан быһаччы тутулуктаах буолуо. Былырыын маныаха ЛОРП ледокола көмөлөөх буолта», — диир Арассыыйа ЫБММ кылаабынай управлениетын Саха сиринээҕи салайааччыта Павел Гарин.

This post was published on 19.04.2021 17:05 17:05