«О межведомственном взаимодействии по вопросам охраны психологического здоровья населения Республики Саха (Якутия)» төгүрүк остуол Дьокуускайга сэтинньи 21 күнүгэр буолла.
Владимир Скрябин эппитинэн, психологтар практикаларыгар билигин научнай хайысха тиийбэт, ити популярнай уонна популарнай ардынан психология тэнийбитинэн, өйдөбүл уларыйбытын кытта сибээстээх.
«Ыарахаттар бааллар, федеральнай таһымҥа психологтар үлэлэрин нормативнай баазаларын кытта сибээстээх. Психолог хайдах буолуохтааҕый диэҥҥэ чуолкай өйдөбүл суох. Бу идэ туһунан уопсай эрэ өйдөбүл баар, ити барыта федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар нуорма-быраап өттүнэн бигэргэммит буолуохтаах. Регламеннар, көрдөрүүлэр уонна индикатордар быһаарыллыахтаахтар, оччоҕуна нэһилиэнньэ психолог диэн кимин өйдүөҕэ, туох-ханнык өҥөнү оҥоруохтааҕын уонна ол тоҕо наадатын», — быһаарда Владимир Скрябин.
«Психолог үлэтигэр баар боппуруостары быһаарыыга маннык көрсөн дьүүллэһэр, уопут атастаһар, өрөспүүбүлүкэбитигэр бу хайысхаҕа сөптөөх үлэ барарыгар туһалаах », — диэтэ киин дириэктэрэ.
This post was published on 21.11.2024 15:06 15:06