Саха сирин предпринимателлэригэр электроннай илии баттааһыннарын босхо оҥоруохтара

Коронавируһунан ылыллыбыт хааччахтааһыннарынан кыһарҕаннары көрсүбүт предпринимателлэргэ көмөлөһөр сыалтан, ыам ыйын 13 күнүттэн «Мой бизнес» киин электроннай илии баттааһыннары оҥорууга сайаапка хомуйар. СИА суруйар.


Электроннай илии баттааһына предпринимателлэргэ докумуоннарын оҥороллоругар, судаарыстыбаннай порталларга үлэлииллэригэр наадалаах: nalog.ru, Росреестр, ГИС ЖКХ, Росимущество уонна да атыттарга. Туттуллар болдьоҕо оҥоһуллубут күнүттэн 12 ый.

Электроннай илии баттааһына юридическай сирэйдэр уонна предпринимателлэр ФНС (налоговай) саайтыгар киирэн, өскөтүн коронавирус кэмигэр үлэ миэстэтин хаалларбыт буоллахтарына хас биирдии үлэһиттэригэр 12 130 солк субсидия ылалларыгар туһалыаҕа.

Электроннай илии баттааһыны хайдах ылар туһунан сиһилии манна аах: https://ysia.ru/v-yakutii-predprinimatelyam-besplatno-izgotovyat-elektronnye-podpisi-dlya-dokumentooborota/

This post was published on 14.05.2020 11:01 11:01