Бу сылга туризмы сайыннарыыга предпринимателлэр көҕүлээһиннэригэр 30 мөл солк тыырылынна. Ол туһунан хайысха миниистирэ Тимур Ханды эттэ.
«Туризм эйгэтигэр үлэлиир предпринимателлэри өйөөһүн биһиги инникилээн тутуллар хайысхабыт. Субсидия саҥа бырайыактары үлэлэтиигэ, туристар болҕомтолорун тардыыга уонна регион экономикатын сайыннарыыга көмө буолуоҕа», – диэтэ Тимур Ханды.
Субсидия муҥутуур кээмэйэ биир киһиэхэ бэриллиитэ 1 мөл солк. Предприниматель бырайыагын сууматын 50% бэйэтэ уйунар.
Субсидия «Туризм и гостеприимство» национальнай бырайыак чэрчитинэн көрүллэр.
This post was published on 29.01.2025 14:01 14:01