Бааннар ставкалара улааппытынан, атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлиир предпринимателлэргэ 8% чэпчэтиилээх иэһи биэрии дьаһала үлэлиэҕэ. Оператор-баан предпринимателллэр социальнай суолталаах бородууктаны бурдук, мас арыыта, саахар, курууппа уонна да атын бастакынан туттуллар табаары атыылаһалларыгар кирэдьиити биэриэҕэ, ол туһунан регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьоҕус уонна орто предпринимательствоны өйүүр миэрэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан оҥоһуллар. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, потребительскай ырыынак тэрилтэлэрэ туруктаахтык үлэлииллэрин хааччыйыыга суһал штаб салайааччыта Михаил Никифоров брифинг кэмигэр эттэ.
Маны сэргэ чэпчэтиилээх иэһи Саха сиринээҕи предпримательство сайдыытын пуондата биэриэҕэ.
Айсен Николаев быһаарыытынан, УСН нолуогунан туттар предпринимателлэр нолуоктарын бырыһыанын ставката кыччыаҕа. Кэлэр сылтан кадастровай сыананан баайга-дуолга нолуок тохтуоҕа.
This post was published on 16.03.2022 13:01 13:01