"Саха сирин паромнара" мобильнай сыһыарыы үлэлээтэ

Паромнар сырыыларын, айан сыанатын, хаска хоҥноллорун «Саха сирин паромнара» (Паромы Якутии) мобильнай сыһыарыы нөҥүө билиэххэ сөп буолла. Бу туһунан инновация министиэристибэтин иһитиннэриитигэр сигэнэн, СИА суруйар.


«Паромы Якутии» сыһыарыыны өрөспүүбүлүкэтээҕи инфокоммуникационнай технологиялар кииннэрэ оҥорбут. Билиҥҥитэ сыһыарыы көмөтүнэн «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх», «Хачыкаат — Мохсоҕоллоох» хайысхаларынан паромнар сырыыларын кэтиэххэ сөп. Суудуналар сырыыларын онлайн кэтииргэ анал трекердар турдулар.

Навигация устата сыһыарыыга атын туоруур сирдэр эмиэ киириэхтэрэ.

Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи инфокоммуникационнай технологиялар киинэ «Ростелекомы» кытары «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысхаҕа өрүһү туоруур сиргэ видео кэтэбил туруорда. Дьокуускай өттүттэн «Даркылаах» тиксиитигэр 8 камера турда. Видеолары сыһыарыыга эбэтэр https://paromonline.sakha.gov.ru саайтка көрүөххэ сөп.

This post was published on 31.05.2021 17:01 17:01