Саха сирин парламенын кэмитиэтэ Амма өрүс баһыгар маһы кэрдиини тохтотору эттэ

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар Ил Түмэн сис кэмитиэтэ Иркутскай уобалас маһы бэлэмниир тэрилтэлэрин кытта дуогабары тохтотор наадалааҕын эттэ. Боппуруос толоруулаах былаас уоргаттарын кытта мунньахха көрүлүннэ диэн, СИА суруйар.


Кэмитиэт салайааччыта Елена Голомарева өрөспүүбүлүкэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын общиналарын Сойуустарын ыҥырыы суругун ааҕан иһитиннэрдэ. Манна этиллибитинэн, дуогабар хаһаайыстыбалаах тэрилтэлэри, ол иһигэр КМНС общиналарын кытта сөбүлэһиитэ суох толоруллубут.

Экология министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, арендаламмыт учаастактар хотугу норуоттар сирдэрин таарыйбаттар. Аукцион быһыытынан Иркуискай икки тэрилтэтин кытта ойууру кэрдиигэ дуогабар түһэрсиллибит. Докумуоҥҥа олоҕуран, тэрилтэ тыа чөлүгэр түһүүтүгэр үлэлэһиэхтээх.

Баайга-дуолга министиэристибэ эппитинэн, дуогабар туох баар сокуоҥҥа олоҕуран түһэрсиллибит. Ити эрээри биэдэмистибэ общиналар өттүлэриттэн претензия зонаны араарыы суоҕуттан тахсыан сөбүн этэр. Бу маны ыытыахха наада. Оччоҕуна эрэ өрүттэр бырааптарын күөмчүлээһин тахсыбытын дуу, суоҕун дуу өйдүөххэ сөп.

Билигин Саха сирин прокуратурата бэрэбиэркэ ыытар. Ол кэннэ сөптөөх быһаарыы ылыллыа диэн, Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитинэрэр.

This post was published on 23.04.2020 15:05 15:05