Саха сирин парламеныгар 2024 сыллааҕы бюджет туолуутун ылыннылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Сокуон бырайыага Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин мунньахтарыгар көрүллүбүттэрэ. Бары өйөөтүлэр. Биһиги сис кэмитиэттэргэ сокуон бырайыагынан түмүллүбүт түмүгү биэрбиппит», — Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Юрий Николаев эттэ.

Публичнай истиилэр буолбуттарын кини иһитиннэрдэ. 2024 сылга дохуот 330 тахса млрд солк. Ороскуот 351 млрд солк, дохуот уонна ороскуот 20 млрд солк араастаһар.

Сокуон бырайыага Ил Түмэн депутаттарынан өйөннө.

This post was published on 10.06.2025 18:06 18:06