Ыам ыйын 22-24 күннэригэр Ил Түмэн дьокутааттара, парламент тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов уонна сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин Москубаҕа Госдуумаҕа үлэлээтилэр.
Арассыыйа парламенын аграрнай боппуруостарга Кэмитиэтэ ыыппыт “Тыа сирин комплекснай сайдыыта” Судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриини сокуонунан хааччыйыы” тиэмэҕэ парламент истиилэригэр сырыттылар. Бу тэрээһиҥҥэ РФ Федеральнай Мунньаҕын дьокутааттара, сенатордар, эрэгийиэннэр парламеннарын дьокутааттара, судаарыстыбаннай толоруулаах былаас уонна олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллэрэ, учуонайдар, академиктар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр салайааччылара, АПК салаатын профсоюзтара, 60 эрэгийиэнтэн сирэй уонна онлайн, барыта 550 киһи кытынна.
Госдуума Аграрнай боппуруостарга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, РАН академига Владимир Кашин тыл этиитигэр бэлиэтээбитинэн, билигин тыа сиригэр дьону-сэргэни олохсутарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии сүрүн соругунан буолла. Социальнай инфраструктураны, олорор дьиэни тутууну ситимнээхтик сайыннардахха эрэ, каадырдары бэлэмнээн, үлэ миэстэтин таһааран, дьоһун хамнаһы төлөөтөххө эрэ тыа сирэ тыыннаах буолуоҕа. Кэмитиэт салайааччыта онуохаҕа, тыа сирин сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраама төрүт сыаллаах көрдөрүүлэрин тутуһарга, төһө кыалларынан үбүлээһинин улаатыннарарга эттэ. Төһө да суолтата улаханын иһин, бу бырагыраама куруутун ситэри үбүлэммэт. 2019 сылга 700 млрд. сол. үп көрүллүбүтэ. Үбүлээһин көрүҥнэрин уларытан, тыа сиригэр көрүллэр үбү бырагыраама иһинэн икки хайысханан – элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйөөһүн уонна ыччакка үлэ миэстэтин таһаарыы диэн тыырыахха, диэн бэлиэтээтэ Владимир Кашин.
РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 2025 сылтан судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ уларытыылары киллэриэҕэ. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын тирэх ситимэ тэриллиэҕэ, онно чугастыы сытар сирдэр хабыллыахтара. Эрэгийиэннэри кытары 6 сыллаах комплекснай былаан оҥоһулла сылдьарын билиһиннэрдилэр.
Салгыы тэрээһиҥҥэ тыа сиригэр суол, оскуола, балыыһа, култуура, успуорт, почта хайысхаларын боппуруостарынан уонна каадыры, дьону хайдах гынан олохсутар туһунан кэпсэтии барда. Манна эрэгийиэннэртэн этиилэри киллэрдилэр.
Ол курдук, Ил Түмэн дьокутаата Александр Атласов “Аныгы тыа сирин көрүҥэ” бырайыагынан көдьүүстээх үлэни тэрийии ньыматыгар уларытыылары киллэрэргэ туруоруста. Ол курдук, ити ньыманы биир эрэгийиэҥҥэ барытын хаппакка, ситэриллэ илик байыактаах чопчу чугастыы сиргэ, эбэтэр тирэх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа туттуохха диэн этии оҥордо. Хас биир эрэгийиэн тутууга, тырааныспар инфраструктуратыгар бэйэтэ туспалаах, уратылаах буолан, тутууну ыытыы болдьоҕо араастаах диэн холобурдаата. Итинник ньыманан сыаналааһын РФ субъектара саҥа бырайыактары сүүмэрдээһин кэмигэр бырайыактары араҥалааһыҥҥа туттулларын санатта. Ону тэҥэ, норуот дьокутаата Саха Сирин парламенын аатыттан, олорор дьиэни наймылааһынынан тутууга тырааныспар ситимэ уустуктардаах сэлиэнньэлэргэ тутууну ыытыыны 2 сылга диэри больохтуохха диэн этии киллэрдэ. Бу тэрээһин чэрчитинэн, Саха Сирин Аартыкатыгар киирсэр уонна ыраах сытар 13 оройуоҥҥа улаатынарыллыбыт коэффициены (холобура, Чукуотка туттуллар таһымыгар) туттарга эттэ. Тоҕо диэтэргит, өрөспүүбүлүкэ бу оройуоннарыгар сылы эргиччи үлэлиир тырааныспар ситимэ суоҕунан, олорор дьиэ биир квадрат миэтэрэтин сыаната ырыынак орто сыанатынааҕар үрдүк.
Ону тэҥэ, Саха Сирин дьокутааттара өрөспүүбүлүкэҕэ улаханнык биһирэммит “Тыа сирин олохтоохторугар олорор дьиэни тутууга (атылаһыыга) социальнай төлөбүрдэргэ” бырайыагынан федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин кээмэйин улаатыннарарга туруорустулар.
Госдуумаҕа парламент истиилэригэр киирбит этиилэр салгыы аграрнай боппуруостарга кэмитиэт балаһааккатыгар бары былаас уорганнарын кытары чопчуланыахтара.
Норуот дьокутааттара Москубаҕа сырыыларын кэмигэр Госдуума Экологияҕа, сир баайыгар уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Дмитрий Кобылкины кытта көрүстүлэр. Кэпсэтии кэмигэр Андрей Находкин Саха Сирин парламенын “Cир баайын туһунан” РФ сокуонугар, чуолаан сир баайын туһанааччылар РФ субъектарын уонна муниципальнай тэрээһиннэрин социальнай-экнэмичээскэй сайдыыларыгар кыттыыларын чааһыгар уларытыы киллэрэр туһунан эттилэр. “Cаха Сирин парламена хаста даҕаны “Сир баайын туһунан” РФ сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан” сокуоҥҥа көҕүлээһини киллэрбитэ. Биһиги сир баайын туһаныы лиссиэнсиэйэтин ис хоһоонугар РФ субъегын уонна муниципальнай тэрээһинин кытта сөбүлэһиннэриллибит, сир баайын туһанааччылар субъект, муниципальнай тэрээһин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар кыттыыларын туһунан Балаһыанньаны киллэрэри туруорустулар. Маннык быһаарыы миэстэтигэр социльнай-экэниичэскэй балаһыанньаны төрдүттэн уларытыаҕын сөп уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа эппиэтинэһи улаатыннарыаҕа”- диэн чорботон бэлиэтээтилэр.
Ону тэҥэ, парламентарий РФ сорох сокуоннарын аакталарыгар уларытыылары киллэрэргэ эттэ, холобура, нэһилиэнньэлээх пууннар кыраныыссаларын кэҥэтэр сыалтан уонна сөптөөх инфраструктуранан хааччыйар инниттэн, ойуур пуондатын сириттэн сир учаастактарын көһөрүү процедураларын судургутутар чааһыгар.
Саха Сирин парламена РФ субъегын сиригэр баахтанан үлэлиир бөһүөлэктэри тэрийии, үлэлиир уонна статустарын чааһыгар федеральнай сокуон бырайыагын оҥорорго туруорсарын биллэрдэ. Билигин Арассыыйа сокуоннарыгар “баахта бөһүөлэгэ” диэн чопчулуур быһаарыы суох. Ол гынан баран дьиҥэр, Хоту уонна Аартыкаҕа үгүс ахсааннаах баахта бөһүөлэктэрэ бааллар. Аҥардас биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 250 бырамыысаланнай тэрилтэ баахта ньыматын тутталлар, 60 тыһ. киһи ити ньыманан үлэлииллэр, баахтанан уонна быстах кэмҥэ үлэлиир 200-тэн тахса бөһүөлэк баар. Онон, бу кыһалҕа федеральнай таһымҥа быһаарыллыахтааҕа көстөн турар. Бастатан туран, бу бөһүөлэктэр статустарын сокуонунан чопчулааһын, үлэлиир, олорор усулуобуйаларын, олохтоох салайыныы уорганнарын өртүттэн хонтуруолу быһаарыы, экология өртүнэн дьарыктарын регламеннааһын уонна үлэһиттэр социальнай хааччылыылларын көрөн чуолкайдааһын наадатын ыйда. Дьокутаат СӨ Судаарыыстыбаннай Мунньаҕа РФ субъектарын араас таһымнаах былаастарын уорганнара баахта ньыматынан үлэлиир бырамыысаланнай тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлэлээһиннэрин быраап өртүнэн салайыыга анаан сокуон барылын оҥорбутун иһитиннэрдэ. Онно бу бөһүөлэктэр үлэлэрин, дьарыктарын экология өртүнэн анал көрүү киллэриллэн турар.
Андрей Находкин көрсүһүү кэмигэр билигин оҥоһулла сылдьар РФ уу эбийиэктэрин чэбдигирдиигэ федеральнай сокуон барылыгар Өлүөнэ өрүс бассейынын ырааһырдыыга тэрээһиннэри ыытарга, мамонт муоһун хомуйууну сокуонунан салайыыга уонна айылҕа харыстабылыгар судаарыстыбаннай, муниципальнай хонтуруолу олохтуурга сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ этии оҥорбуттарын санатта. Ол курдук, билигин уу эбийиэктэригэр бэрэбиэркэни ыытыыга, көһө сылдьан ууну чинчийиигэ, боруобаны ылыыга мораторий дьайарынан, ууну киртитиини кытта сибээстээх сокуону кэһии элбээн иһэр,ол курдук өрөспүүбүлүкэҕэ, аҥардас биир муниципальнай тэрээһиҥҥэ 2023 сыл сайын устатыгар 17 ууну киртитии бэлиэтэннэ диэн дьиксинэрин биллэрдэ.
Онон Саха Сирин Ил Түмэнэ иниспиэктэр хонтуруолга сылдьар киһини кытта тиийэн чопчу сир уутугар чинчийиини ыытарыгар, сөптөөх аактаны толороругар көҥүллүүргэ диэн уларытыылары киллэрэр туһунан этии оҥордо.
Источник: Саха парламент саайта
This post was published on 28.05.2024 12:31 12:31