Саха сирин оскуолаларыгар эбии миэстэни арыйыыга үбүлээһин көрүллүөҕэ

Россия бырабыыталыстыбата дойду биэс регионун оскуолаларыгар 3,6 тыһ саҥа миэстэни арыйыыга үбүлээһин көрүөҕэ. Ол туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин миниистирдэри кытта мунньахха эттэ.


«Россия биэс регионугар — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Краснодарскай кыраайга, Иркутскай, Свердловскай уонна Челябинскай уобаластарга — бу сыл бүтүөр диэри 3,6 тыһ саҥа миэстэ оскуолаларга арыллыаҕа, бу былааннаммыкка эбии, — диэтэ Михаил Мишустин. — Субсидия федеральнайдааҕы бюджеттан тыырыллыаҕа — 730-тан тахса мөл солк».

Миниистирдэр кабинеттарын баһылыга санаппытынан, бу сыалга быйылгы уонна кэлэр икки сылга бюджекка 75 млрд солк кэриҥэ харчы ууруллан сытар, суруйар ТАСС. «Бу үп сыалынан уонна көдьүүстээхтик туттуллуохтаах, хас биирдии регион кыаҕын уонна ирдэбилин учуоттаныллыахтаах», — диэтэ кини.

This post was published on 30.10.2020 10:02 10:02