Саха сирин орто анал идэтийбит үөрэх тэрилтэлэрэ Аммаҕа эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһүөхтэрэ

Орто идэтийбит анал үөрэх тэрилтэлэрэ Амма улууһун халаантан эмсэҕэлээбит дьонугар материальнай көмөнү оҥорорго быһаарыннылар.

“Бу ыарахан күннэргэ Амма улууһун олохтоохторуттан туора турарбыт табыллыбат. Биһиги холобурбутун өрөспүүбүлүкэ атын тэрилтэлэрэ өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Андрей Попов.

СИА.

This post was published on 10.05.2018 16:37 16:37