Орто идэтийбит анал үөрэх тэрилтэлэрэ Амма улууһун халаантан эмсэҕэлээбит дьонугар материальнай көмөнү оҥорорго быһаарыннылар.
“Бу ыарахан күннэргэ Амма улууһун олохтоохторуттан туора турарбыт табыллыбат. Биһиги холобурбутун өрөспүүбүлүкэ атын тэрилтэлэрэ өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Андрей Попов.
СИА.