Өрөспүүбүлүкэҕэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагынан эрэгийиэннээҕи суолталаах суоллары оҥоруу күүскэ барар. Бүгүҥҥү туругунан, уопсайа 245 км усталаах суол, ол иһигэр тыа сирин нэһилиэктэригэр оҥоһуллар. Бу туһунан СӨ массыына суолларын салалтата иһитиннэрэр.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагын иитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр (8,6 км) уонна Бүлүү улууһун Хампа сэлиэнньэтигэр (4 км) суолу оҥоруу былааннанар.
Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт сылга бу бырайыагынан Өлүөхүмэ улууһугар 1-кы Нөөрүктээйи (1,6 км) уонна 2-с Нөөрүктээйи (5 км), ону таһынан Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтин (5 км) эрэгийиэннээҕи суоллара өрөмүөннэммиттэрэ.
Саха сирэ
This post was published on 19.07.2023 09:03 09:03