Саха сиригэр навигация сезонугар 1056 тыһыынча туонна олоҕу хааччыйар наадалаах таһаҕас тиэлиннэ, бу уопсай былаан 83% тэҥнэһэр. Билиҥҥитэ оройуоннарга 889,3 тыһыынча туонна таһаҕас тиэрдилиннэ. Бу туһунан регион тырааныспарга министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
«Навигация саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 1056 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэйдилэр, барыта 1273,3 тыһыынча туонна тиэйиллиэхтээх. 889,3 тыһыынча туонна таһаҕаһы ол эбэтэр былаантан 70,6%, улуустарга тиэртилэр», — диэн биэдэмистибэ иһитиннэрдэ. Арктика улуустарыгар уунан бэс ыйын 20 күнүттэн саҕалаан барыта 311 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэйдилэр, онтон 194 тыһыынча туонната улуустарга тиийдэ.
This post was published on 13.09.2023 16:07 16:07