Саха сирин онкодиспансерыгар саҥа технологиялары тутуһан сүрүн хирургтар көрдөрүү эпэрээссийэни оҥордулар. Маастар-кылааһы көрдөрөөччүлэртэн биирдэстэрэ Блохин аатынан онкология НМИЦ хирургия отделениетын сэбиэдиссэйэ Алексей Шевчук буолар.
СИА кэрэспэдьиэнэ эпэрээссийэҕэ сырытта уонна искэн ыарыылаахтары эмтииргэ саҥа ньымалар тустарынан быраастары кытта кэпсэттэ.
Бу күннэргэ Дьокуускайга научнай-практическай конференция буолар, дьахтар репродуктивнай систиэмэтигэр «злокачественнай» искэннээх ыарыһахтарга медицинскай көмө оҥоруутун тиэмэтигэр. Көрдөрүү эпэрээссийэни ити дьаһал иннинэ анаан оҥордулар.
«Видеоэндоскопическай хирургиянан маастар-кылаас ыыттыбыт коллегаларбын кытта. Оҕо ууһатар уорганыгар искэннээх пациенкаҕа инники кирбиигэ тутуллар технологиялары туһанан эпэрээссийэ оҥоһуллар», — диэтэ кини.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutskom-onkodispansere-proshli-pokazatelnye-operatsii-ot-vedushhih-hirurgov/
This post was published on 15.03.2023 16:01 16:01