Саха сирин олохтоохторун ыраах айантан туттунарга ыҥыраллар

Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар күн-дьыл усулуобуйата мөлтөөбүтүнэн сибээстээн, ыраах айантан аккаастанарга ыҥыраллар.

Синоптиктар сабаҕалыылларынан, кулун тутар 16 күнүгэр Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 25-30 миэтэрэҕэ тиийэ, онтон Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ тиийэ тыалырара күүтүллэр. Уус-Майа улууһугар сорох сиринэн күүстээх хаар түһүөҕэ. Ону сэргэ, нэдиэлэ бүтүүтэ уонна чугастааҕы өрөбүл күннэргэ Кэбээйи уонна Дьааҥы оройуоннарыгар өлгөмнүк хаардыаҕа.

«Суол тэрилтэлэрэ дьиэ таһынааҕы хаары ыраастааһыҥҥа бэлэмнэр. Ону, тэҥэ массыына суолун ситимэ быстыбатын туһугар тустаах дьаһалларын ылыннылар», — диэн Управтадор Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ.

Дьокуускайга чэппиэр түүн кыра хаар түһүөҕэ. Түүнүн салгын температурата -16-18°С, күнүһүн 7-9°с тиийэ сылыйыаҕа.

This post was published on 15.03.2023 18:05 18:05