Саха сирин олохтоохторун улахан аҥара Кыайыы параадын трансляциятын көрөр былааннаахтар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин олохтоохторун 65%-на Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар анаммыт параад трансляциятын көрөр былааннаахтар. SuperJob сервис үлэлиир дьон ортотугар ыйытыы ыытта.

Бу событиеҕа олус суолталаахтык сыһыаннаһалларын эттилэр: «Мин саамай сөбүлүүр бырааһынньыгым, бэтэрээннэринэн киэн туттабын». Респондент сааһа эбиллэн истэҕин аайы, трансляцияҕа интэриэһэ улаатар: 35-гэр диэри саастаахтар 59%-нара тэлэбиисэринэн параады көрөллөр, 45-тэн үөһэ саастаахтар 75%.

Параадка бэлэмнэнии күүстээхтик барар.

This post was published on 07.05.2025 15:59 15:59