Саха сирин былааһа өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Чайыҥдатааҕы ньиэптээх сиргэ үлэлииллэрин хааччыйыахтара, сүрүн пресс-сулууспа иһитиннэрэр. Баахтабай бөһүөлэк бүгүҥҥү үгүс үлэһитэ — атын регионтан кэлии дьон.
Бэлиэтиир буоллахха, Чайыҥдатааҕы ньиэп баайдаах сиргэ 10600 киһиттэн, 240 эрэ Саха сирин олохтооҕо, атыттара — Россия 78 регионуттан кэлэн үлэлээччилэр.
Ыам ыйын 21 күнүгэр баахтабай бөһүөлэктэн 6000-тан тахса киһи таһаарылынна. Эбии 1000-тан тахса үлэһити дойдуларыгар ыытар былааннаахтар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Колодезников эппитинэн, регион былааһа үлэ салҕанан барарыгар интэриэстээх. Кини быһаарбытынан, түгэнинэн туһанан, олохтоох дьону үлэнэн хааччыйыахха наада. Сөптөөх кэпсэтиилэр «Газпром» уонна «Стройтранснефтегаз» салалтатын кытта ыытыллыбыт.
«Бэс ыйыгар үлэ саҕаланыа. Тута элбэх киһини Чайыҥдаҕа киллэрэр кыахпыт суох эрээри, биһиги туохтан эрэ саҕалыахпытын наада. Биһиги производство салҕанарыгар интэриэстээхпит, онон баар балаһыанньаны сөпкө туһанан, олохтоох дьону үлэнэн хааччыйыахпыт», – диэтэ бастакы вице-премьер.
Сиһилии https://ysia.ru/zhitelej-yakutii-budut-trudoustraivat-na-chayandinskom-mestorozhdenii/
This post was published on 22.05.2020 13:03 13:03