Саха сирин олохтоохторо уустук кэмҥэ Ил Дархан тула түмсэргэ ыҥыраллар

Бүтүн аан дойдуну аймаабыт сыстыганнаах дьаҥ Саха сирин олохтоохторун эмиэ долгутар. Олохпутугар-дьаһахпытыгар кэккэ уустуктары көрүстүбүт, инникитин туох-ханнык буолара өссө биллибэт. Ити эрээри санаа бөҕөх. Сотору күөххэ үктэнэр, эһиилги кыстыкка бэлэмнэнэр үтүө күннэр үүнүөхтэрэ. Маннык быыһык кэмҥэ олохтоохтор Ил Дархан Айсен Николаев ылынар миэрэлэрин тутуһан, кини тула мустары ыҥыраллар.


Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, муниципальнай сулууспа туйгуна Иван Николаевич Харитонов 2020 с. муус устар 30 күнүгэр биир дойдулаахтарыгар анаабыт суруга социальнай ситимнэринэн соҕуруунан-хотунан тилийэ көттө.

Тиэкиһи хайдах баарынан бэчээттиибит.

Айсен Сергеевич Николаев Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В. Путин ыйааҕынан 2018 с. СӨ баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан анаммыта. Ити сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр Саха сирин быыбардааччыларын баһыйар үгүс куолаһын ылан, СӨ Ил Дарханынан үлэлээбитэ икки сылын туолаары сылдьар. Ити кылгас кэм иһигэр урукку өттүгэр кыаллыбатах элбэх инбэстииссийэлээх бырайыактар үбүлэнэн олоххо киирбиттэрин, киирэн эрэллэрин мэлдьэһэр табыллыбат. Ол иһигэр Уһук Илин уонна Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар ураты суолталаах Өлүөнэ муостатын тутуутун бырайыактыыр үлэлэр үбүлэммиттэрин, Ньурба улууһугар Марханы туоруур муоста тутуллан үлэҕэ киирбитин, Бүлүү сүнньүгэр Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү өрүһү туоруур муоста тутуллуутугар хаһан да көрүллүбэтэх элбэх уонунан миллиард үбүлээһин көрүллүбүтүн дьон барыта билэн олорор.

Бу ситиһиитигэр киниэхэ төрөөбүт дойдутун иитиитэ улахан суолталаах. А.С. Николаев төрүөҕүттэн улахан билимҥэ салайар эйгэҕэ анал иитиини ааспыта. Ийэтэ Ленинград университетын философияҕа факультетын бүтэрбитэ, аҕата физика олипиадаларыгар Саха сиригэр, Сэбиэскэй Сойууска оҕолору бэлэмниир учууталлартан биирдэстэрэ. Эһэтэ сэрии кыттыылааҕа А.Т. Тиитэрэп оҕонньор сиэнин от-мас үлэтигэр, айылҕаҕа, булка, саха култууратыгар, оһуокайга анал такыйааны ыыппыта.

Айсен Сергеевич ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев биир бастыҥ туйгун үөрэнээччитэ буолар. Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатын уонна МГУ-ну кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбитэ. М.А. Алексеев оскуолатын выпускниктара СГУ, Москуба, Новосибирскай, о.д.а. куораттар үрдүк үөрэхтэрин тэхиньиичэскэй кыһаларыгар хаардыы хааман киирэллэрэ. Киин сир абитуриеннарыттан үс мутук үөһэ туралларынан сөхтөрөллөрө.

Инньэ гынан, М.А.Алексеев ньыматын үөрэтэ 1965 с. ыраах тайҕа ортотугар олорор Үөһээ Бүлүүгэ Новосибирскайтан Лаврентьев, Будкер, Яковлев диэн академиктар кэлэ сылдьыбыттара. Ол кэннэ Саха сиригэр, Сойууска физмат оскуолалар тэллэй курдук элбээн тахсыбыттара. Михаил Андреевич үөрэппит, ииппит, эрэммит оҕото Айсен Сергеевич СӨ Ил Дархана буола үүммүтүттэн, баара буоллар, улаханнык киэн туттуо этэ.

***

Ханнык баҕарар дьыала киһититтэн улахан тутулуктаах. Аан дойду алтыс технология укулаатыгар киирэн эрэр кэмигэр Айсен Сергеевич курдук олоххо толору бэлэмнээх каадыры булар уустуктардаах. Бүтүн Арассыыйа киэҥ уораҕайыгар экэниэмикэ, үп бөрөлөрүн киирсиилэригэр кимиэхэ эмэ баһыйтарар, күлүктэтэр, сабырыйтарар киһитэ баар буолуо дии санаабаппын, өссө үгүстэрин баһыйарыгар саарбахтаабаппын. Оннооҕор 30 сыллааҕыта МГУ аан дойду таһымнаах преподавателин кытта мөккүһүүгэ физикаҕа сыанатын көннөттөрөн турар. Улахан тутууларын бырагыраамаларын сөбүлүүбүн. Тыл этэригэр, сорук туруорарыгар оннук кириисис, маннык мэһэй-таһай баар диэн сэрэммэт, чугуруҥнаабат.

***

«Талааннаах киһини көрдөөн булуу кээһиилээх оттон иннэни булууга тэҥнээх» диэн олохтоммут сүрүн өйдөбүл норуокка баар. Айсен Сергеевич сэдэхтик көстөр талааннаах ыччат буоларын биэс судаарыстыбаннай деятель: Ю.Н. Прокопьев, М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов, Ф.С. Тумусов тургутууларын ааспыта бигэргэтэр.

2001 с. СӨ бэрэсидьиэнин быыбарыгар В.А. Штыров уонна Ф.С. Тумусов икки ардыларыгар улахан киирсии кэмигэр Айсен Сергеевич Ф.С.Тумусов быыбарга ыстаабын салайбыта. Ол кэмҥэ «Алмазэргиэнбанк» салайааччытынан үлэлиирэ.

Хаһан да, ханна да кыайбыт өрөгөйдүүр, былааһы ылар. Утарсааччыларын туоратар адьынат бэрт былыргыттан баар. Мин Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччытынан үлэлиир кэммэр, Ю.Н. Прокопьев ССКП обкуомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлиирэ. Кини В.А. Штыров диэн бырамыысыланнаска үлэлии сылдьар эдэр салайааччыны таба көрөн, обкуомҥа ылан үөрэппитэ-такайбыта, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнигэр тиийэ үүннэрбитэ. Кинини кытта бөдөҥ балыктааҕынан аатырбыт Мөрөөйү күөлгэ илимнии, муҥхалыы сылдьан чугастык билсибиппит. Юрий Николаевич Вячеслав Анатольевич быыбарга киирсииттэн туораан хаалбакка, салгыы үлэлииригэр тылбын-өспүн тиэрдиэм диэн эппитин эт кулгаахпынан истибитим.

Быыбар кэнниттэн бэрэсидьиэн В.А. Штыров Айсен Сергеевиһи СӨ үбүн миниистиринэн анаабыта. Ол кэнниттэн бэрэсидьиэн, бырабыытылыстыба дьаһалтатын салайааччытынан үлэлээбитэ. Е. А. Борисов Айсен Сергеевич СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан анаабыта. 2012 с. Дьокуускай куорат быыбардааччыларын баһыйар үгүс куоластарын ылан, куорат мээринэн кэккэ сылларга үчүгэйдик үлэлээбитин билэбит. Мантан көстөрүнэн, Айсен Сергеевич салалта бары кирилиэһигэр үктэнэн, үлэтин-хамнаһын көрдөрөн, норуот итэҕэлин ылан, СӨ Ил Дарханыгар тиийэ үүммүтүн астынан туран бэлиэтиибин.
Оттон Арассыыйа үрдүнэн баар тыһыынчанан салайааччылар быыстарыттан бэрэсидьиэн В.В. Путин А.С. Николаевка болҕомтотун хатаабыта бэйэтэ туһунан феномен. Бу чахчылары биирдиилээн дьон утарар буоллахтарына, улаханнык алҕаһыыллар.

***

Т/х министиэристибэтин дааннайыгар олоҕурдахха, билигин Саха сиригэр 183 тыһ. ынах сүөһү, ол иһигэр 70 тыһ. 500 ыанар ынах, 183 тыһ. сылгы, ол иһигэр 116 тыһ. төрүүр биэ баар. Урукку сылларга холоотоххо, бу олох быстар, мөлтөх көрдөрүү буоларын таһынан, бу көҕүрээһин сылын аайы буола турар үгэскэ кубулуйда.

Ил Дархан А. Николаев тх производствотыгар үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр, саастаах уонна кырдьаҕас, уһун сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит бэтэрээннэрин кытта кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран, 2021 сылтан кэтэх ыаллар ыанар ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох субсидияны уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар бары көрүҥнэригэр туттарар үүттэрин биир киилэтигэр 50 солк итэҕэһэ суох үбүлээһин мэхэньиисимин тобулан, Ил Түмэҥҥэ иһитиннэрии оҥорбутун тыа дьоно-сэргэтэ сөпкө өйдөөтүлэр.

***

Манан сибээстээн, Т/х министиэристибэтэ быйыл cүөhү ахсаанын чуолкайдыыр инбэнтэрисээссийэ оҥороро хайаан да наада. Сылгы иитиитин боппуруоһугар yбaha этэ, сыата доруобуйаҕа туһалаах, холестерины аҕыйатар диэн этиилэри уруккуттан истэбит. Ол эрээри ким даҕаны билим өттүнэн сылгы этин туһатын дакаастаан, чинчийэн, дьон күн аайы аһыыр, доруобуйаларын тупсарар ас оҥостоллоругар дьаһал ылларбыта биллибэт, иһиллибэт даҕаны. Ол түмүгэр сылгы, yбaha да этэ балыыһа, оҕо тэрилтэлэригэр көҥүллэммэт диэн аһылык рационугар киллэрбэттэрин эрэ билэбит. Сэбиэскэй былаас саҕана убаһа этин Японияҕа экспорга таһаара сылдьыбыттара биллэр. Быйыл сахаттан аан бастаан т/х билимин чилиэн-кэрэспэдьиэнэ буолбут, т/х научнай-чинчийэр институтyн дириэктэрэ, бэрэпиэссэр Л.Н. Владимиров бу боппуоруоска Японияҕа тиийэн үлэлэспитин истэбит уонна саха сылгытын бородууксуйатын элбэтэр сыалы-соругу ситиһиэ диэн эрэнэбит. Сылгыттан ылыллар бородууксуйа бэйэҕэ турар сыаната үрдээтэҕинэ, сылгы ахсаана элбиирэ чуолкай. Төрүүр биэҕэ эмиэ субсидия көрүллэрэ буоллар, өссө үчүгэй буолуо диэн этиилэр бааллар.

***

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэрийсибит саха норуотун чулуу уолаттара Максим Кирович Аммосов, Исидор Никифорович Барахов, Платон Алексеевич Ойуунускай уонна да атын талыы уолаттарбыт дойдубут сайдар оҥкулун оҥорбуттара. Бу дьоммутун эмиэ сахалар бэйэбит бэрт былдьаһан, ордугурҕаан, хоп-сип хомунан баартыйа Киин Кэмитиэтигэр сурук, донуос ыыппыттарын түмүгэр, бу дьоммут хайдах эрэпириэссийэҕэ түбэһэн суорума суолламмыттарын бары билэбит. Быһаарыныы ылыммыт Киин Кэмитиэт, НКВД салалтата даҕаны, алларааттан кэлбит үҥсүүлэргэ ол-бу сымыйа дакаастабылы итэҕэйэн, чаҕылхай уолаттарбытын эрэпириэссийэлээбиттэрин урут даҕаны, билигин даҕаны ким да саарбахтаабат. Барахов И.Н, Аммосов М.К., Ойуунускай П.А. эрэпириэссийэлэммэтэхтэрэ буоллар, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар төһөлөөх элбэх үтүөнү, үчүгэйи оҥорбут буолуохтара этэй?!. Арыый бэттэх чугаһаатахха, ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеевы бүтүн САССР, РСФСР, ССРС дьоно-сэргэтэ билиммит сүдү киһитин — эмиэ бэрт былдьаһыы хобу-сиби тарҕатыы, эккирэтиһии, үҥсүһүү түмүгэр Бүлүү оройуонугар куоттарбыттарын эмиэ билэбит.

***

Архыып дааннайдара көрдөрөллөрүнэн, 1941-1942 с.с. сэрии ыарахан сылларыгар, обкуом бастакы сэкирэтээринэн Ион Степаненко үлэлиир кэмигэр, элбэх киһи, оҕо хоргуйан өлбүтэ диэн оччотооҕу чахчылар кэпсииллэр. Бу кэмҥэ, аччыктаан, кыахтара эстэн, бааһынаҕа кутуйах хасааһын булан, аһылык оҥостоору уонна аһыыр ас суоҕуттан ырбыт-дьүдьэйбит дьонноругар холкуос бурдугуттан бэрсэн дьоннорун-сэргэлэрин өлөртөн быыһаабыт холкуос бэрэссэдээтэллэрин эмиэ саха дьоно бэйэ-бэйэлэрин үҥсүһэн хаайыыга ыыппыт түгэннэрэ бааллар. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү Ороһутуттан кэлин Ленин уордьанын кавалера буолбут, оройуон, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх ыанньыксыта Х.М. Антонова, оччолорго холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, бурдук түҥэтэн дьону быыһаабыт үтүөтүгэр икки сыл хаайыыга олорон кэлбитэ. Баартыйа обкуомун салалтатын маннык сыыһа үлэтинэн саханы эһэр бэлиитикэҕэ тиэрдибитин Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлии олорон, Илья Егорович Винокуров 1943 с. Киин Кэмитиэккэ кырдьыгы арыйан суруйан И.Степаненко уонна кини үлэһиттэрэ үлэлэриттэн босхоломмуттара. Бу түгэни ахтан-санаан туран, Аҕа дойду сэриитин ыар кэмнэригэр элбэх дьону хоргуйууттан быыһаабытынан норуокка улахан үтүөлээх И.Е. Винокуров аймахтарыгар уонна Нам улууһун дьонугар сэрии сылларын 27 тыһ. оҕотун аатыттан, хойутаан да буоллар, махталбытын тиэрдэбит.

***

Айсен Сергеевич төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэтин туһугар күүскэ үлэлии сырыттар, ити үөһэ ахтыллыбытын курдук, бэрт былдьаһааччылар, хобу-сиби тарҕатааччылар, донуостааччылар түмсэн, араас сураҕы-садьыгы, СМИ бары ханаалларынан, социальнай ситимнэринэн ыытан, үлэтин-хамнаһын киртитэр, дьону булкуйар араас ньыманы булалларын, сэрии аччык, ыар сылларын чараас санныбар сүксүбүт сэрии сылын оҕото буоларым быһыытынан, ыараханнык ылынабын. Улуу Сталин салалтатынан сэбиэскэй норуот, ол иһигэр саха дьоно бары түмсэн, биир киһи курдук сэриилэһэн ньиэмэс-фашист халабырдьыттарын кыайбыппыт 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри олорон, Николай Крылов үгэтигэр араак, сордоҥ, куба лээмкэни үс аҥыы соспуттарын курдук, үлэни-хамнаһы атахтаан таҥнары тардар табыгаһа суох диибин.

***

Айсен Сергеевич Ил Дархан буолан баран Матвей Евсееви уонна Афанасий Максимовы ыҥыран, кэпсэтэн, үлэлиир кыах биэрбитин көрөн, муударай салайааччы эбит диэн сыаналаабытым. Биһиги, сахалар, бэйэбит да аҕыйахпыт, «саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой» диэн өйдөбүл үлэни-хамнаһы ситиһиигэ, дьыаланы туруорсууга, ону олоххо киллэриигэ туһалаах эрэ буолуон сөп. Онтон тыл тылга киирсибэт буолууга ону туһанан, араас интириигэнэн дьарыктанар, онон аһылык оҥостор дьон дьайыыларыгар киирэн биэрэргэ итинник тыллары туттар төрүт туһата суох.

Аан дойдуга аата-ахсаана биллибэт алдьархайы оҥорон эрэр хоруона дьаҥын утары охсуһарбытыгар Ил Дархаммыт А.С. Николаев дьаһалларын биир киhи курдук, биир өйүнэн-санаанан толорорбут хайаан да наада. Ити Н.Крылов үгэтин мээнэҕэ холобур туттубатым. Өссө бииртэн куттанабын: бу эпидемия балаһыанньатын ирдэбилин тутуспакка гынан баран, Айсен Сергеевиһи ити бэрт былдьаһар өрүттэр өссө туох диэн этэн-тыынан туруохтарын билбэппин. Сахалар бэйэбит даҕаны ахсааммыт аҕыйах, онон бэйэ-бэйэбитин ытыктанан, үлэҕэ-хамнаска түмсүүлээх буолуоҕуҥ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүөххэ, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыахха, олохпутун-дьаһахпытын оҥостуохха диэн, саастаах киһи буоларым быһыытынан барыгытын ыҥырабын.

This post was published on 03.05.2020 15:01 15:01