Хотугу уонна Уһук Илин территориялар олохтоохторо сылааһы биэрэр тэриллэригэр субсидия ылыахтара. Бу сыалга уопсайа 32 млрд солк көрүллүөҕэ.
Ол туһунан Владимир Путин Федеральнай мунньахха туһаайыытыгар эттэ.
«Судаарыстыбаттан субсидия көмөтүнэн дьон сылааһы биэрэр аныгы тэриллэри ылыныаҕа. Өйөбүлү ордук наадыйар дьон туһаныахтара. Бу сыалга 32 миллиард солк көрүлүннэ», — диэтэ президент.
This post was published on 01.03.2024 12:04 12:04