Дьокуускайга Михаил Николаевы кытта бырастыылаһыы буола турар. Саха сирин олохтоохторо бастакы бэрэсэдьиэннэрин, духуобунай лидердэрин тиһэх суолугар атаараары тохтоло суох кэлэ тураллар.
Гражданскай панхида бүгүн киэһэ аҕыс чааска диэри салҕанар. Баҕалаахтар бары кэлиэхтэрин сөп.