Саха сирин олохтоохторо «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Дьарыктаах буолуу» федеральнайдааҕы тосхолунан саҥа идэлэри баһылыыллар. Ол туһунан регион дьарыктаах буолууга судаарстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.
Ю.А. Готовцев аатынан сервис технологическай техникумҥа «Парикмахер» бырагырааманан бастакы түһүмэх үөрэх саҕаланна. Ворлдскиллс «Парикмахерское искусство» компетенциятынан ыытыллар.
Үөрэх федеральнайдааҕы бюджет үбүлээһининэн ыытыллар. Кыттыгастаах федеральнайдааҕы оператордарынан буолаллар: «Агентство развития профессионального мастерства (Ворлдскиллс Россия)», ФГАОУ ВО «Национальный исследовательский Томский государственный университет» уонна ФГБОУ ВО «Российская академия народного хозяйства и государственной службы при Президенте Российской Федерации».
Өрөспүүбүлүкэтээҕи операторынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ уонна АНО ДПО «Центр опережающей профессиональной подготовки РС(Я)» (ЦОПП).
This post was published on 28.06.2021 13:01 13:01