Премьер-миниистир Михаил Мишустин Уһук Илин олохтоохторо чэпчэтиилээх авиабилиэттэринэн туһаналларыгар анаан эбии 5 млрд солкуобайы көрдө. Бу туһунан «Российская газета» хаһыакка сигэнэн edersaas.ru суруйар.
Ааспыт сылга чэпчэтиилээх билиэтинэн 500 тыһыынчаттан тахса Уһук Илин эрэгийиэннэрин олохтоохторо туһаммыттара. «Бырагыраама ыыра кэҥээн, билигин чэпчэтиилээх билиэтинэн өссө 450 тыһыынча кэриҥэ киһи туһанар кыахтанна», — диэн РФ бырабыыталыстыбатын сүбэ мунньаҕар Мишустин бэлиэтээн эттэ. Онон чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанааччылар ахсааннара икки төгүл улаатыаҕа. Уһук Илиҥҥэ уопсайа 21 хайысханан субсидия көрүллэр.
This post was published on 25.01.2021 13:01 13:01