Электроннай пааспардар Москваҕа ахсынньы 1 күнүгэр баар буолуохтара, оттон регионнарга, ол иһигэр Саха сиригэр — 2023 сыл ортотугар. Ол туһунан «АиФ»-ка РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьера Дмитрий Чернышенко интервью биэрдэ, суруйар Саха сирин ЦУР-а.
Саҥа пааспар баан каартатын курдук кээмэйдээх буолуоҕа. Хаһаайын хаартыската, аата, араспаанньата, аҕатын аата, төрөөбүт күнэ-дьыла киллэриллиэҕэ. Каарта электроннай киэбинэн сирэйи, тарбах суолун уонна олорор аадырыһын хатыыр. Киһи баҕатынан телефонугар сыһыарыы киллэриниэн сөп — мобильнай идентификатор.
«Электроннай пааспар Россия территориятыгар кумааҕы пааспары кытта тэҥҥэ туттуллар. Оҥорторуу баҕа өттүнэн. Өскөтүн электроннай пааспары оҥортордоххуна — кумааҕы пааспарыҥ дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар», — диэтэ вице-премьер Дмитрий Чернышенко.
Кини эппитинэн, электроннай пааспар оҥоһуллуутунан ханнык да социальнай рейтинг суох буолуоҕа. Оннук дьаһал Кытайга баар.
This post was published on 11.05.2021 16:01 16:01