Саха киһитэ Забайкальеҕа 11 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһү атыылыы сатаабыт. Суут киниэхэ икки сыл усулуобунай болдьоҕу биэрдэ уонна 30 тыһыынча солкуобайга ыстарааптаата, — диэн СИА кэпсиир.
«Быйыл муус устар ыйга Саха сирин олохтооҕо Забайкальскай кыраай сиригэр тус массыынатынан, көмүс атыылыы тиийбит. Чернышевскай бөһүөлэгиттэн баран истэҕинэ, Амур федеральнай трассатыттан чугас тутуллубут. Эр киһини туталларыгар 11 мөл. солк. тахса суумалаах көмүс слитоктары, бытархай самородоктары булбуттар»,-диэн Забайкалскай кыраайдааҕы ЫБМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суут киниэхэ икки сыл болдьоҕу биэрдэ уонна 30 тыһыынча солкуобайга ыстарааптаата.
This post was published on 30.09.2022 17:01 17:01