Дьокуускай полициятын сотрудниктара наркотиктаах үүнээйини сокуоннайа суох үүннэриини буллулар. Көлөппүнэни олордууга эрдэ хаста да сууттана сылдьыбыт 48 саастаах киин куорат олохтооҕо таҥас ыскаабын туһаммыт, СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Эр киһи интернетинэн көлөппүнэ сиэмэтин сакаастаабыт, икки иһиккэ олордубут, бүөбэйдээн үүннэрбит. Таҥас ыскаабын туһаммыт, анал сырдатар уоту туттубут, фольгалаабыт. Наркотиктаах үүнээйини бэйэтэ туттарыгар үүннэрбит», — пресс-сулууспаҕа эттилэр.
Буруйу кэһээччигэ административнай боротокуол оҥоһулунна. Маннык түбэлтэҕэ холуобунай эппиэтинэс сүктэриллэр.
This post was published on 01.06.2022 15:01 15:01