Саха сирин олохтооҕо көҥүлэ суох балыктаан 10 мөл солк ыстарааптанна

Уус Алдан улууһугар олохтоох киһи көҥүлэ суох балыктааһынын иһин буруйданна (РФ ХК 256 ыст. 3 ч.), диэн СИА-ҕа прокуратура пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 


Суукка биллибитинэн, Уус Алдан олохтооҕо 2020 сыл кулун тутарыгар Алдан өрүскэ, балыктыырга көҥүл биллэриллэ илигинэ, онно эбии лицензията суох сылдьан, 33 устуука хатыыһы бултаабыт.

Санатар эбит буоллахха, хатыыс оһуобай сыаналаах уу биологическай ресурсатын биэрэчинигэр киирсэр.

33 хатыыс хоромньутун суумата 10 мөл солк тэҥ. Буруйдаахха ыстыраап сурулунна.

This post was published on 16.06.2020 13:01 13:01