Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый нэһилиэгин музейыгар дьикти таас хараллан сытар. Кэпсииллэринэн, үйэ анараа өттүгэр таас халлаантан этиҥ кэмигэр түспүт.
Ураты экспонат туһунан оройуон үөрэҕин салаатын начальнига Спиридон Борбуев Telegram-ханаалыгар суруйда. Борбуев этэринэн, таас историята Сунтаар улууһуттан саҕаланар. Таас халлаантан түһэригэр үүнэн турар маһы ортотунан хайытан түспүт. Үйэ устата таас көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит, онтон Кырыкый музейын үлэһитэ Яков Егоров илиитигэр түбэспит.
Таас дьикти көстүүлээх: ханан да кырыыта суох, сымыыт курдук быһыылаах.
Барыллаан быһаарыынан, этиҥ тааһа маннык киэби түргэнник түһүүгэ салгыны кытта аалсыытыгар ылыммыт буолуон сөп. Баҕар, метеорит үлтүркэйэ буолуон сөп.