Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр олохтоох даачатыгар көхсүгэр оҕолорун сүгэ сылдьар улахан ооҕуйу булла. ЯСИАҕа биолог, «Якутия» технопарка резиденэ Евгений Попов эппитинэн, бу ооҕуй-бөрө тыһыта буолар, коконтан тахсыбыт оҕолорун кытта.
«Аан бастакыбын көрөбүн маннык ооҕуйу. Наһаа улахан, ытыс түөрт гыммыт биирин саҕа кээмэйдээх, көхсүгэр кып-кыра ооҕуйдар бааллар», – диэтэ ЯСИАҕа хаартыска ыыппыт Люция Бурцева.
Биолог Евгений Попов хаартысканы көрөн баран бу ооҕуй-бөрө буоларын быһаарда.
«Кинилэр маннык ууһууллар. 50 сымыыкка диэри таһаарыахтарын сөп. Сорох көрүҥнэр атыырдара маннык оҕолорун көхсүлэригэр илдьэ сылдьаллар. Сайыны быһа улааппыт оҕолор ийэлэрин эбэтэр аҕаларын сиэхтэрин сөп», — диэтэ биолог.
Кинилэр дьон доруобуйатыгар куттала суохтар, ытырбаттар.
This post was published on 19.07.2024 16:01 16:01