Саха сирин олохтооҕо быһа эпиир кэмигэр куоска оҕолорун болкуонтан бырахта

Bigo Live диэн социальнай ситимҥэ быһа эпиир кэмигэр Саха сиригэр олорор дьахтар алтыс этээстэн түөрт куоска оҕотун бырахпыт видеота тарҕанна. Маннык кырыктаах быһыытын дьахтар куоскаҕа аллергиялааҕынан сибээстээн быһыыламмытын быһаарар.

Бэлиэтээн суруйдахха, 498 №-дээх «Кыылга эппиэтинэсстээх уонна амарах сыһыан туһунан» Федеральнай сокуон хараҕынан, кыылга кырыктаах сыһыан иһин сууттаныахха сөп.

Билиҥҥи туругунан, ИДьМ кыылларга кырыктаах сыһыаннаах дьахтар ким буоларын быһаара сылдьар, бэрэбиэркэ үлэтэ саҕаламмыт диэн СИА суруйар.

Саха сирэ

This post was published on 13.10.2023 16:26 16:26