Бу күннэргэ үс ойуур хаһаайыстыбатын сиригэр-уотугар үөһэттэн салгын аалынан ыстаран, ойууру солколоох үрүмэччиттэн эмтээһин саҕаланна. «Рослесзащита» ФБУ филиалын хонтуруолунай чинчийиитин кэнниттэн, Нам, Хаҥалас уонна Дьокуускай ойуурдарыгар барыта 204 440,4 га иэннээх сиргэ ыстарыахтара.
2021 сыл ыам ыйын 21 күнүгэр СӨ ыксаллаах быһыыга-майгыга (ЫБМ) уонна баһаартан куттал суох буолуутугар хамыыһыйа илии баттаабыт боротокуолугар Нам, Хаҥалас уонна Дьокуускай куорат баһылыктарыгар ойуурга ыксаллаах балаһыанньа эрэсиимин киллэрэр туһунан соруйуллар.
«Салгын аалынан көтө сылдьан, үөһээттэн химическэй ньыманан ыстаран, ойууру буортулуур үөнү суох оҥоруу ыытыллар. Онно «Клонрин» инсектицид туһаныллар. Бу препарат дьоҥҥо, сүөһүгэ куттала суох«, — диэн иһитиннэрэллэр.
СӨ Экология министиэристибэтин ойуур харыстабылыгар департаменын ыстаарсай иниспиэктэрэ Николай Никитин иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан 11 312 га ыстарыллыбыт, бу уопсай иэнтэн 5,53% буолар.
«Буортулаах үөнү утары охсуһарга 7 борт туһаныллар, гектарга 3 лиитэрэни ыстарар. Былаанынан үлэ бэс ыйын бүтүүтүгэр түмүктэниэхтээх«, — диэн этэр. «Бэс ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, Нам ойууругар үлэ ыытылынна. Дьокуускай уонна Хаҥалас ойуурдарыгар үлэ ыытыллар. Үөнү суох оҥоруу үлэтэ сүрүннээн сарсыарда эрдэ уонна түүн ыытыллар. Тоҕо диэтэххэ, 30 кыраадыстан үөһээ куйааска препарат ойуур маһыгар-отугар диэри тиийимиэн сөп», — диэн иниспиэктэр быһаарар.
Санатар буоллахха, СӨ Экология министиэристибэтэ сибиир солколоох лыаҕа үөскээбит сиригэр хонтуруолунай чинчийиини ыытарга аукиону түмүктээбитэ. Судаарыстыбаннай хантараак быйыл маай ыйыгар «Рослесзащита» ФБУ кытта түһэрсиллибитэ.
Источник: © edersaas.ru