Красноярскай кыраай уонна Саха сирин ойуурдарын баһаарын умулуннарыыга «Хоту» (Север) регионнар ардыларынааҕы киин тэриллиэ. Бу туһунан РФ вице-премьера Виктория Абрамченко иһитиннэрдэ.
Саҥа тэрилтэҕэ федеральнай бүддьүөттэн 5 млрд солкуобайы көрүөхтэрэ. Киин алта Ми-8МТВ бөртөлүөттээх, fвиаперсоналлаах, баһаарынай десантниктардаах, анал тиэхиньикэлээх, тэриллэрдээх буолуо.
Маны таһынан, быйыл ойуур баһаардарын утары охсуһууга «Экология» национальнай бырайыак көмөтүнэн 21,2 тыһ. анал тиэхиньикэ, тэрил ылыллыа. Судаарыстыбаннай тэрилтэлэр материальнай-тэхиниичэскэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ 4,7 млрд солк көрүллүө.
Ураты болҕомто өрт уотугар ууруллуо. Виктория Абрамченко тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сиригэр өрт уота барар түгэнигэр кинилэргэ субсидия бэриллибэтин туһунан иһитиннэрдэ. Хааччахтыыр уларытыыны РФ Бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматыгар киллэриэҕин эттэ.
This post was published on 09.02.2021 13:01 13:01