Саха сирин ОДьКХ халаантан хоромньуну 82 мөл солкуобайынан сыаналаатылар

Саха сирин дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын эбийиэктэригэр халаантан 82 мөл солк. хоромньу таҕыста.

Барыллаан ааҕыынан, Саха сиригэр 430 тирэх баҕана уонна 9 км уот линията эмсэҕэлээтэ. Дьиэ-уот хомунаалынай комплексын эбийиэктэригэр 31,9 км ититэр ситим, 9 хочуолунай ууга барда.

Саамай улаханнык Уус Маайа уонна Үөһээ Халыма оройуоннарын хомунаалынай эбийиэктэрэ эмсэҕэлээтилэр.

СИА.

This post was published on 06.06.2018 17:08 17:08