Саха сирин оҕолоро 2024 сыл бүтүүтэ космоска бэйэлэрэ оҥорбут спутниктарын ыытар былааннаахтар. Үөрэх бырайыагын Наука дьоҕус академиятын (МАН) иитиллээччилэрэ толкуйдаатылар.
Регион салалтатын прес-сулууспата иһитиннэрбитинэн, оскуола үөрэнээччилэрэ космическай технологияларга үөрэнэр сыаллаах спутник оҥорорго ылсыбыттар. Оскуолалар эмиэ интэриэстээхтэр — оҕолор космическай идэлэргэ, технопаркаҕа, «Кванториумнарга» уһуйуллаллар. Бу салгыы устудьуон буолалларыгар олук уурар.
МАН ректора Василий Павлов эппитинэн, саҥа үрдүкү технологияларга уонна саҥа индустрияҕа регион инникитин сайдар кэскиллээх. Онно Саха сиригэр бары усулуобуйа тэриллибит.
This post was published on 11.04.2024 11:23 11:23