Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын бырагырааматыгар саҥа көрүҥнэр киирдилэр

Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын бырагырааматыгар дьахтар тустуута уонна спорт атын көрүҥнэрэ киирдилэр. Быйылгы оонньуу бырагырааматыгар киирбит уларыйыылар тустарынан өрөспүүблүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Бугаев кэпсээтэ.

«Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын бырагыраамаларыгар дьахталлар тустуулара, спортивнай хаамыы, ГТО курдук көрүҥнэр аан бастаан киирдилэр. Ону тэҥэ баскетбол оннугар үс төгүл үс стритбол күрэхтэһиитэ ыытыллыаҕа. Дьахталлар тустууларыгар билиҥҥи кэмҥэ 50-чэ спортсмен сайаапкатын биэрдэ», — диэн Александр Бугаев иһитиннэрдэ.

Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньуулара от ыйын 4 күнүгэр Уус-Алдан улууһугар саҕаланыаҕа.

6 күн устата оройуоҥҥа спорт 16 көрүҥэр, ол иһигэр аэробикаҕа, боксаҕа, волейболга, гиревой спорка, мини- футболга, многоборьеҕа, чэпчэки атлетикаҕа, остуол тенниһигэр, буулдьанан ытыыга, спортивнай тустууга, дуобакка, саахымакка күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.

Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын спортивнай оонньууларыгар оройуоннар уонна куорат уокуруктарыттан 40 хамаанда састаабыгар 1800-тэн тахса спортсмен кыттыаҕа,206 мэтээл комплега оонньонуо.

Күрэхтэһиигэ 13 спортивнай объектар улуус 5 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үлэлиэхтэрэ. Спортсменнарга, тэрийээччилэргэ, култуурунай бырагыраамаҕа кыттааччыларга, суруналыыстарга уонна ыалдьыттарга анаан 22 объегы уонна 23 аһы-үөлү бэлэмниир объегы бэлэмнээтилэр.

This post was published on 01.07.2022 11:03 11:03