Сахастат тэрилтэ, Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн Саха сиригэр нэһилиэнньэ ахсаанын туһунан рейтинг оҥордо. Ол туһунан Сахастат пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 445 муниципальнай тэриллии баар. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар барыта 5 тыһыынча киһи үлэлии-хамныы сылдьар. Кинилэр дьон олоҕо тупсарын туһугар усулуобуйа оҥорор сыаллаах үлэлииллэр.
Саха сиригэр 2023 сыл саҥатыгар 997,6 тыһ. киһи олорор диэн статистика дааннайынан суруйаллар. Олортон нэһилиэнньэ үс гыммыттан улахан аҥаара – 378,5 тыһыынча киһи киин куоракка олороро бэлиэтэммит. Киһитин ахсаанынан иккис миэстэҕэ Мииринэй оройуона сылдьар, онно 71,3 тыһыынча киһи олорор.
Киин оройуоннартан саамай элбэх нэһилиэнньэлээҕинэн – 34,4 тыһыынча киһилээҕинэн Хаҥалас оройуона ааттаммыт. Арктика зонатыгар Саха сирин 6,5% нэһилиэнньэтэ олорор. Манна саамай элбэх киһилээҕинэн (10,0 тыһыынча) Үөһээ Дьааҥы оройуона буолар. Оттон аҕыйах киһилээх Аллайыаха оройуона (2,3 тыһыынча), суруйда Сайаана Львова «Саха сирэ» сайт.