19 Муус устар 19.04
  • -3°
  • $ 94,09
  • 100,53

Саха сирин нэһилиэнньэтэ мөлүйүөннээх кирбиигэ тиийиэ дуо?

16:01, 10 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Сахастат” чахчытынан, Саха сиригэр 2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 971 996 киһи олорор. 2022 сылга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута 100 сылыгар нэһилиэнньэ ахсаана 1 мөлүйүөҥҥэ тиийиэ дуо?  


Аҕыйах сыллааҕыта, оччотооҕу салайааччы Егор Борисов 2022 сылга нэһилиэнньэ ахсаанын 1 мөлүйүөн киһиэхэ тиэрдиэххэ диэн сорук туруорбута. Ол эрээри, бу былаан оччолорго да туолара саарбах этэ. Тоҕо диэтэр, сылга 2-3 тыһыынча кэриҥэ киһинэн эбиллии барар. “Хата, эбиллэр эбиппит” диэн үөрүөх тустаахпыт (Арассыыйаҕа да, Сибиир үгүс эрэгийиэннэригэр эбиллии суох).

Сэбиэскэй кэми ылан көрөр буоллахха, мөлүйүөннээх кирбии (1 025 500 киһи) аан бастаан 1986 сыллаахха куоһарыллыбыт. 1991 сыллаахха саамай элбэх киһи олороро бэлиэтэммит – 1 118 983 киһи. Бүтэһигин мөлүйүөннээх сыыппара 1997 сыллаахха бэлиэтэммит — 1 020 320 киһи. Ол эрээри бу кэмтэн 2004 сылга диэри нэһилиэнньэ биллэ аҕыйаабыт (948 967 киһи). Бу ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр быстах кэлэн үлэлээбит дьон маассабайдык көһөн барыыларыттан сылтаан буолбут.

Сыыппара сымыйалаабат

2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ ахсаана 964 330 киһи, ол иһигэр эр киһитэ – 467,9 тыһыынча (48,5%), дьахтара – 496,4 тыһыынча (51,5%) этэ.

2019 сыл түмүгүнэн, демографияҕа Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр 7-с миэстэҕэ тахсыбыта. Оттон Уһук Илин уокуругар киһи олоҕун орто уһунугар (72 сыл) 1-кы миэстэлээҕэ. Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ өлүү коэффициена намтаабыта бэлиэтэммитэ.

Онон 2020 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана – 970,1 тыһыынча киһи этэ, ол иһигэр куорат олохтоохторо – 642,7 тыһыынча киһи (66,1%), тыа сирин нэһилиэнньэтэ – 329,3 тыһыынча киһи (33,9%). 2015 сылы кытары тэҥнээтэххэ, нэһилиэнньэ ахсаана 13,2 тыһыынча киһинэн эбиллибитэ (1,4%).

Куораттар нэһилиэнньэлэрэ 16,2 тыһыынча киһинэн, тыа сиригэр олорор дьон ахсаана 3 тыһыынчанан эбиллибитэ. Ол эбэтэр, тыа сириттэн куоракка көһөн барыы син биир тохтообот эбит. Нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитин төрүөтүнэн төрөөһүн элбээбитин уонна көһөн барыы аҕыйаабытын ыйыахха сөп. Ону тэҥэ, кэнники кэмҥэ оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр социальнай миэрэлэр эмиэ дьайыылаах буолаллара саарбахтаммат.

Төрөөһүн эбилиннэ

Кэнники 8 сыл иһигэр Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун орто уһуна 6 сылынан уһаабыта бэлиэтэммит. 2019 сылга орто саас 73-кэ тэҥнэспит (эр дьоҥҥо – 68,1 сыл, дьахталларга – 77,8 сыл). Бу көрдөрүүнэн Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэлээх.

— Кэнники 6 сылга аан бастаан төрөөһүн эбилиннэ диэн үөрүүбүн үллэстэбин. Дьиэ кэргэттэргэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕолор төрөөһүннэрэ элбээтэ. Ааспыт сылга бу маннык 5120 оҕо төрөөтө – ол саҥа төрүүр оҕо ахсаанын 40%-нын ылар! Бу көннөрү статистика эрэ буолбатах, бэрэсидьиэн Владимир Путин кэнники сылларга төрөөһүнү көҕүлээбит миэрэлэрин түмүгэ буолар. Тапталлаах Сахабыт сирин олохтоохторо элбээн иһэллэриттэн олус үөрэбин. Кырачааннарга уонна кинилэр төрөппүттэригэр кытаанах доруобуйаны уонна дьолу баҕарабын! Хас биирдии саҥа киһи дьоллоох оҕо саастаах уонна сырдык кэскиллээх буоларыгар күүспүтүн харыстаабакка үлэлиэхпит, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэр.

Төрөөһүн туһунан этэр буоллахха, 2010-2016 сылларга 1 тыһыынча киһиэхэ 16-17 оҕоҕо тиийэ сылдьыбыт. 2018 сылга 1 тыһыынча киһиэхэ 13,7 оҕо төрөөбүт. Ол оннугар өлүү ахсаана эмиэ аҕыйаан иһэр эбит: 2010-2016 сылларга – 10-8,5 киһи, 2018 сылга – 8,1 киһи өлбүт (1 тыһ. киһиэхэ).

Төрөөһүнү элбэтэр туһуттан элбэх миэрэлэр ылыллан, үлэлииллэр. Холобур, 2019 сылга “Демография” национальнай бырайыак уопсай үбүлээһинэ 4,535 миллиард солкуобай (федеральнай бүддьүөттэн – 3,5 миллиард, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 1,035 миллиард солкуобай) этэ.

«Демография» бырайыак иитинэн Саха сиригэр биэс эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Ол бырайыактары олоххо киллэриигэ 2020 сылга 5,7 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ. Биллэн турар, бу үп-харчы оскуолалары, оҕо саадтарын тутууга, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ, о.д.а. туһуланар.

Пандемиялаах сыл уратылара

Чэпчэкитэ суох сыл ааста. Уодаһыннаах ыарыы, үгүс тэрилтэлэр, балыыһалар, поликлиникалар хааччахтанан үлэлээһиннэрэ, үлэтэ суох буолуу – бу барыта нэһилиэнньэ олоҕор, төрөөһүн уонна өлүү сыыппараларыгар дьайбыта саарбаҕа суох.

ЗАГС управлениетын дааннайдара: 2020 сыл — 13 078 оҕо төрөөбүт, 9001 киһи өлбүт, 4112 саҥа ыал үөскээбит, 3264 ыал арахсыбыт. 2019 сыл — 12 996 оҕо төрөөбүт, 7699 киһи өлбүт, 5634 ыал тэриллибит, 4155 ыал арахсыбыт. Мантан көстөрүнэн, пандемия кэмигэр, 2019 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 84-нэн элбэх оҕо төрөөбүт, 1302 киһинэн элбэх киһи өлбүт, саҥа ыал ахсаана 1522-нэн аҕыйаабыт, ону тэҥэ, арахсыы 891-нэн аҕыйаабыт.

Дьиктитэ диэн, пандемия кэмигэр Саха сирин олохтоохторо арыгыны иһиилэрэ эмиэ аҕыйаабыт. Урут биир киһиэхэ тиксэринэн, сылга ортотунан 7 лиитирэ арыгы иһиллэр эбит буоллаҕына, 2020 сыл 9 ыйын түмүгүнэн, 4,6 лиитирэ иһиллибит. 39%-нан психоз, 13%-нан арыгыттан сүһүрүү, 15%-нан бэйэҕэ тиийинии уонна өлөрүү ахсаана намтаабыт. Итирэн баран, буруйу оҥоруу намтаабыт. ИДьМ чахчыларынан, 2020 сылга 3269, 2019 сылга 5318 буруйу оҥоруу тахсыбыт.

Коронавирус буруйдаах дуо?

Ааспыт сылга барыта 9001 киһи өлбүт, ол иһигэр, Дьокуускайга – 2790, Нерюнгри оройуонугар – 725, Алдаҥҥа – 580, Мииринэйгэ – 499, Ленскэйгэ – 455 киһи.

Бу иннинээҕи сылларга өлүү ахсаана биир кэм, улаханнык үрдээбэккэ-намтаабакка турбут эбит буоллаҕына, 2020 сылга 2019 сыллааҕар 1302 киһинэн элбэх киһи өлбүтэ дьиксиннэрэр.

ЗАГС дааннайдарынан өлүү ахсаана 2020 сыл — 9001 киһи, 2019 сыл — 7699 киһи, 2018 сыл — 7841 киһи, 2017 сыл — 7862 киһи.

Маны барытын коронавируснай инфекцияҕа эрэ күтүрээбэккэ, бу уодаһыннаах ыарыыттан сылтаан бэргээбит, олоҕурбут ыарыылартан өлүү элбээбитэ буолуо диэн сэрэйэҕин эрэ. Ону тэҥэ, балыыһалар, поликлиникалар аанньа үлэлээбэккэлэр, ыарыыны бэргэтэн кэбиһэн, ол ытаһа буолбута сабаҕаланар.

СӨ доруобуйаҕа харыстабылын ааҕыытынан, ааспыт сылга 400-чэ киһи коронавирустан тыына быстыбыт. Бу статистикаҕа коронавирустан сылтаан бэргээбит атын ыарыылаах дьон өлүүтүн киллэрбэттэр.

Ол эрээри, бу коронавирус уларыйан, өссө уодаһыннанан, мөлтөх доруобуйалаах дьоҥҥо кутталланан иһиэх кэриҥнээх. 2021 сыл саҥатыттан номнуо 95 киһи тыына быстыбыт диэн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Пандемия саҕаланыаҕыттан ыалдьыбыт киһи ахсаана барыта 30 тыһыынчаҕа чугаһаан эрэр.

Арассыыйа нэһилиэнньэтэ аҕыйыыр

Оттон Арассыыйа нэһилиэнньэтэ 2020 сылга 510 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт. Сыл иһигэр мөлүйүөн аҥаарыттан тахса киһинэн көҕүрүүрэ дьиксиннэрэр сыыппара.  “Росстат” 2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи дааннайынан, Арассыыйаҕа 146 мөлүйүөн 238 тыһыынча киһи олорор.

Нэһилиэнньэ бу курдук улаханнык аҕыйааһына бүтэһигин 15 сыллааҕыта бэлиэтэммит. 2005 сылга 143,8 мөлүйүөнтэн 2006 сылга 143,2 мөлүйүөн киһи буолбут. 2007-2009 сылларга нэһилиэнньэ 142,7 мөлүйүөҥҥэ диэри аҕыйаабыт. Ол эрээри 2010 сылтан Арассыыйа нэһилиэнньэтэ сыыйа эбиллэн иһэр этэ. 2015 сылга 146 мөлүйүөн ахсааны куоһарбыта.

2013-2015 сылларга Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэ сылдьыбыта. Ити бырабыыталыстыба ыытар социальнай бэлиитикэтин түмүгэ этэ. Ол эрээри, 2016 сылтан көрдөрүү эмиэ намтаан испитэ. 21 эрэгийиэҥҥэ эбиллии баар, оттон 26 эрэгийиэҥҥэ өлүү төрөөһүнү 1,5-2 төгүл куоһарар.

Саха сирэ эбиллэр эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирсэр.

Источник: © edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар