Чурапчы улууһун Килээҥкитин биир кэлим сайдыытын бырайыагын, ол иһигэр 9025 миэстэлээх оскуола-саад тутуутун, РФ Федерациятын Сэбиэтигэр кэпсээтилэр. Бу туһунан СИА тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.
Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко тыа сирин социальнай эйгэтин үлэһиттэрин кытта көрүстэ. Тэрээһин кыттыылаахтарын ортотугар — Российскай Федерация регионнарыттан учууталлар, медицина, социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, култуура тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Быыстапка уонна РФ субъектарыгар тыа сирин сайыннарыыга бастыҥ бырайыактары билиһиннэрии буолла.
Килээҥки сайдыытын бырайыагын Саха сирэ көрдөрдө. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тыа сирин сайыннарыыга отделын кылаабынай исписэлииһэ Сергей Константинов кыттыыны ылла. Бырайыак Россия туһааннаах министиэристибэтинэн бастыҥнартан биирдэстэринэн ааттанна уонна презентациялыырга бигэргэннэ.
Сиһилии https://ysia.ru/proekt-razvitiya-yakutskogo-sela-prezentovali-v-sovete-federatsii/