«Симэх» национальнай кииҥҥэ «Кэрэни кэрэхсээ» норуот маастардарын уонна модельердарын III айар киэһэлэрин иитинэн национальнай көстүүмнэри көрдөрүү буолла.
Өрөспүүбүлүкэ сүрүн маастардара уонна модельердара кыттыыны ыллылар.
Саха сирин норуот маастара Лидия Будищева «Розовая чайка» нуучча норуотун дьахтарын таҥаһын көрдөрдө. Хас биирдии былааччыйа оҕуруонан илиинэн быысыбайдаан киэргэтиллибит.
Дизайнер Надежда Сафронова «Зов предков» коллекцияны көрдөрдө. «Современные импровизации, идущие из традиционных верований» тиэмэнэн үлэлиир, кыыһыгар уонна сиэннэригэр сцена көстүүмүн тигиинэн дьарыктанар.
Анаабыр улууһуттан художественнай үлэҕэ норуот маастара Антонина Петрова «Дыхание Севера» долган омук таҥаһын көрдөрдө.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutske-modelery-predstavili-kollektsii-natsionalnyh-kostyumov/
This post was published on 22.01.2024 13:03 13:03