«Ис дууһабыттан кэллиэгэбитигэр уонна доҕорбутугар Петр Шамаевка өйөбүлбүн биллэрэбин уонна түргэнник үтүөрэригэр баҕарабын. Кини анал байыаннай дьайыы зонатыгар ыараханнык бааһырда. Саамай ыарахан кэмнэригэр биһиги байыастарбыт геройдуу быһыыны көрдөрөллөр, күүстээх санаалаахтар уонна Ийэ дойдуларыгар бэриниилээхтэр. Биһиги эрэнэбит: өстөөҕү хайаан да кыайыахпыт, Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа! Петр Васильевичка күүскүн төһө кыалларынан түргэнник чөлүгэр түһэрэргэр баҕарабын!» — суруйда телеграм-ханаалыгар Кирилл Бычков.
Петр Шамаев былырыын Оборуона министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсэн, Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммута.
Билигин ыччат миниистир эбээһинэһин Россия Геройа Игорь Юргин толорор.
This post was published on 03.02.2025 14:05 14:05